filmov
tv
Культура уонна үөрэх үлэһиттэрин холбоһуктаах форума.

Показать описание
Таатта улууһун үөрэҕин уонна культуратын эйгэтэ «Дьүөрэлэһии көдьүүһэ: искусство + уһуйуу» форум түһүлгэтин тэрийдэ. Бу тэрээһин оҕону иитиигэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыытарга туһуланна.
БОРИС НЕУСТРОЕВ-МАНДАР УУС
САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН КУЛТУУРАТЫН ҮТҮӨЛЭЭХ ҮЛЭҺИТЭ, Б.ОЙУУНУСКАЙ ААТЫНАН БИРИЭМИЙЭ ЛАУРЕАТА
Чахчыта да, тус туһунан эйгэлээх дьон дьүөрэлэһиэхпитин, чугастык ситимнэһиэхпитин наада. Оччоҕо эрэ ыччаппытыгар туһалаах буолуоҕар бүк эрэнэбин диэн Борис Федорович ис сүрэҕиттэн этэр. Онтон ол дьүөрэлэһии хайдах барыахтааҕый?
МАРИАННА СТЕПАНОВА
НОРУОТ АЙЫМНЬЫТЫН КИИНИН ДИРИЭКТЭРИН СОЛБУЙААЧЧЫТА
Киһи олох олорор хаачыстыбата, кинини үөрэппит-такайбыт хас биирдии учууталтан, тулалыыр эйгэтин дьонуттан быһаччы тутулуктаах. Кини сатабыла киһи быһыытынан бары хаачыстыбата, хаппытаала кыра эрдэҕиттэн хайдах ууруллара бэйэ төрдүн-ууһун билииттэн, үөрэтииттэн эмиэ быһаччы суолталааҕын бэлиэтээтилэр
МАРГАРИТА ПОПОВА
КЫРААЙЫ ҮӨРЭТЭЭЧЧИ
Оҕо туһугар түбүгүрэр дьон, култуура, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ 5 хайысханан арахсан бэрт интэриэһинэй дьарыктарга сырыттылар. Хас эмэ сыл анараа өттүнээҕи быһыы-майгы, суруллан хаалбыи айымны күн бүгүн да иитэр-үөрэтэр суолтата сөҕүмэр
АННА КАНАЕВА
ЭБИИ ҮӨРЭХТЭЭҺИН ПЕДАГОГА, ХОМУСЧУТ-ИМПРОВИЗАТОР
Бу курдук «Бары бэйэбитин өйдөһөн, көмөлөөн оҕо талаанын кэҕиннэрбэккэ сайыннаран иһиэҕин. Олоҕу сатаан олорор сатабыллаах оҕону иитэн таһаарыахтаахпыт диэн Борис Федорович этиитин эркээйи оҥостон үлэлиэҕиҥ. Билиигэ-көрүүгэ баҕалаах оҕобут акылаата оҕо сааһыгар уурулларын өйдүөх тустаахпыт