Юрий Платонов - Сырдык Таптал (сл.и мел. Ю. Платонов(2014г.)

preview_player
Показать описание

Рекомендации по теме
Комментарии
Автор

Юрец уол оҕото самай сөбүүлэн истэр ырыам бу миэхэ самай хит ырыа👍

valeramandarov
Автор

Уол ырыаларгын истибэтэх ырааппыт эбит.

alexandrxatylykov
Автор

Олоҕум тухары аналбын көрдөөммүн
Бу сиргэ сылдьарым
Эйигин буламмын со5отох тапталым
Дьоллонор түгэммин күүтэрим.
Этиэхтээх тылларым өйбүттэн суураллан
Ырыа буолан көтөн кэллилэр, .
Көрсөн туран сатаан эппэтэхпин
Эн сэрэйбэтэххин,
Эйигин эрэ кэтэспиппин...

припев
Сырдык тапталбын, булан ыламмын,
Көрөн тураммын эйиэхэ ыллыыбын
Бииргэ сылдьыахха, дьоллоох буолуохха өрүү
Иккиэн түстүөххэ эйэлээх олоҕу.

Мин дьылҕам бэлэҕэ нарын сибэккитэ
Эн эрэ буолбуккун
Эйэҕэс мичээргин кэтэспит түгэммин
Ырыабар хомуйан ыллаатым.
Эйиигин кытары мин дьоллох эбиппин
Кэнэҕэс кэмнэрбэр эрэлбин,
Соҕотох эйигин мин көрөрбүн,
Санаабын тумэрбин,
Эйиэхэ эрэ эрэнэрбин.

Приеев:
Дьиҥнээх тапталбын булан ыламмын,
Көрөн тураммын эйиэхэ ыллыыбын.
Бииргэ сылдьыахха, дьоллоох буолуохха өрүү
Иккиэн түстүөххэ эйэлээх олоҕу.

Бииргэ сылдьыахха, дьоллоох буолуохха
Иккиэн түстүөххэ эйэлээх олоҕу...

Anchuletta
join shbcf.ru