Оҕо сааһым доҕотторугар

preview_player
Показать описание
Оҕо сааһым доҕотторугар. Сэмэн Данилов хоһооно (1961), Юрий Сивцев мелодията.

*****
Оҕо сааһым оонньоон ааспыт
Кэнчээрилээх сыһыытыгар
Хаһан эрэ сайыһа хаалбыт
Доҕотторум барахсаттар!

Бүгүн эмиэ сырдыы-үөрэ
Санаан кэллим эһигини,
Сылаас-сылаас күн көйгүөрүн,
Сайылыкпыт чэлгиэнин.

Умнубаппын хаар да хаһыҥ
Атахпытын уматарын,
Сып-сылаастык ынах оннун
Сылаанньытар абыралын.

Ол эрээри өрүү бааргыт
Уһун олох суолугар,
Хаһан эрэ сайыһа хаалбыт
Доҕотторум барахсаттар!
Рекомендации по теме
Комментарии
Автор

интернекка да ютьюбка да суох бу ырыа! арай маннык эрэ баар...бу да баарыгар баhыыба

ДмитрийПавлов-кю