Далаана - Билэбин [2008]

preview_player
Показать описание
Мин бүгүн кыайан эппэппин биири,
Ол эрэн санаам туйуллар түүнэ.
Харана былыт үөһээ халлааҥҥа,
Соҕотох ардыырын көрөбүн.

Мин эмиэ кини курдук ытыахпын,
Харах уутун тоҕон сонньуйуохпун.
Туох эрэ туйа тутар билигин,
Аттыбар эн суоҕуҥ куруһун...

Билэбин, иккиэн ыллык устун хаампаппыт,
Билэбин, биһиги суолбут кыайан холбоспот,
Билэбин, санньыар ырыаҕыҥ туойаргар,
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн.

Тоҕо мин эйиэхэ эрэл кыымын
Бэлэхтээн биэрбит быстах быһыыбын,
Ардыгар уйадыйар иэйиибэр
Тулуйан хоһуйан ылларбын?

Олохпор ыксаллаах ыраларбын
Түмэммин эйиэхэ тиийдэрбин мин.
Букатын илдьэ хаалыах тустааххын,
Сүрэҕим сөпсүһүөн кыаҕа суох.

Билэбин, иккиэн…
Рекомендации по теме
Комментарии
Автор

2022 сылга көрөр, истэр буоллаххына лайк!

ДьулуруйарНьургунБоотур-тт
Автор

Миэхэ бу ырыа наьаа ыарахан иьиттэхпинэ харагым уута тахсар бастакы тапталым бу ырыаны миэхэ анаабыта 😓 кини хантан билбитэй болуой чахчы хаьан да холбоспот биьиги суолбут багар анараа дойдуга корсорум болуо диэн эрэнэбин туулбэр эрэ костон ааьар бу сиргэ баарын буоллар 😢

admon-kslh
Автор

Урут мээнэ истэр этим бу ырыпны, билигин иьиттэхпинэ дууьам иьинэн киирэн ааьар...

angelalestover
Автор

Чахчы олоххо баар суол ырыа текса.Чагылхай ырыаьыт.Браво, ессе да саца ырыалары айа тур.Талааццар сугуруйэбин.

ЕвдокияВинокурова-зс
Автор

Далаан подарила свою песню бурятской певице Нонне Тогочиевой, а они взамен написали Далаане несколько песен.

Uber_
Автор

Пришел сюда после инстаграмма🤗 Очень хорошее исполнение на двух языках🙏

liko
Автор

Билэбин иккиэн ыллык устун хаампаппыт билэбин биьи суолбут кыайан холбоспот билэбин 💞

alaas
Автор

Манна скрипка ылыыра боллар ытыыра ордук иьиллиэ этэ киьи сурэхэ

ЛюдмилаСергеевна-яш