Пётр Васильев - Кун тахсыыта

preview_player
Показать описание
Биирдэ эмит көрбүттээххиэн,
Киэҥ сиргэ күн тахсарын -
Биирдэ эмит көрбүттээхиэн,
Сатаан-табан, күн тахсарын.

Маҥнай саҕах кэйэ кыыһар,
Халлаан бүтэйдии күндээрэр.
Саҕах сыыйа сырдыыр-сырдыыр,
Туох барыта күлүмүрдүүр.

Киһи адьас таалан турар,
Киһи адьас сэрэнэн тыынар,
Бэл, салгын олох ибир гыммат,
Бэл, туман тохтоон иһийэр.

Күн тахсар - сонно тута
Тыал оту долгуннурдар,
Көтөн тахсаат, чыычаах ыллыыр,
Туман сыыйа хамсаан тарҕанар.

Биирдэ эмит көрбүттээхиэн,
Киэҥ сиргэ күн тахсарын -
Дьоллоох Киһи табан көрөр,
Көрүс, табан, күн тахсарын!
Рекомендации по теме