filmov
tv
'Күһүҥҥү ырыа'-Дария Лаврова

Показать описание
"Күһүҥҥү ырыа" (Варвара Уваровская тыл.-Валерий Данилов мат.) - Дария Лаврова @dariyalavrova_singer
Саһарбыт сэбирдэх тэлээрэн,
Түннүгүм тааһыгар сыһынна.
Ардах таммахтара хойуутук
Дууһабын долгутан түстүлэр.
Кэм-кэрдии ааһара түргэнин
Оо, күһүн эн эмиэ кэллэҕиҥ.
Сайыҥҥы кэмнэри атааран,
Сай күөҕүн суурайан эрдэҕиҥ.
Күһүҥҥү сэбирдэх соҥуоран
Туманы бүрүнэн турарын,
Курустук санааҕа куустаран
Түннүкпэр өр турдум одуулаан.
Сайыһа хаалабын сайыммын
Алааһым чээлэй күөх ойуутун.
Туруйа туруктуур хаһыыта
Олуһун аймаата сүрэхпин
Саһарбыт сэбирдэх тэлээрэн,
Түннүгүм тааһыгар сыһынна.
Ардах таммахтара хойуутук
Дууһабын долгутан түстүлэр.
Кэм-кэрдии ааһара түргэнин
Оо, күһүн эн эмиэ кэллэҕиҥ.
Сайыҥҥы кэмнэри атааран,
Сай күөҕүн суурайан эрдэҕиҥ.
Күһүҥҥү сэбирдэх соҥуоран
Туманы бүрүнэн турарын,
Курустук санааҕа куустаран
Түннүкпэр өр турдум одуулаан.
Сайыһа хаалабын сайыммын
Алааһым чээлэй күөх ойуутун.
Туруйа туруктуур хаһыыта
Олуһун аймаата сүрэхпин